Текст песни
Саҥа күн ол ааспыт сайына
Сайыныҥ саймаархай салгына
Сибэкки сиэдэрэй сыһыыны
Симэммит сир-дойду кэрэтин
Арай мин суохтурум эйигин
Эн үтүө амарах бэйэҕин
Ардахтаах силбиктээх күннэргэ
Амарах бэйэҕин суохтуубун
Күннэтэ күүтэбин күн курдук бэйэҕин
Күннэтэ күүтэбин эн тиийэн кэлэргин
Сүрэхпин уоскутан, дууһабын манньытан
Хаһан эн кэлэҕин?
Күннэтэ күүтэбин күн курдук бэйэҕин
Күннэтэ күүтэбин эн тиийэн кэлэргин
Сүрэхпин уоскутан, дууһабын манньытан
Хаһан эн кэлэҕин?
Күөх сайын күндээрэн бүтүүтэ
Күһүммүт күлүмнээн кэлбитэ
Араҕас көбүөрү тэлгэтэн
Сир ийэ кыстыкка иһийэр
Арай мин суохтурум эйигин
Эн үтүө амарах бэйэҕин
Ардахтаах силбиктээх күннэргэ
Амарах бэйэҕин суохтуубун
Күннэтэ күүтэбин күн курдук бэйэҕин
Күннэтэ күүтэбин эн тиийэн кэлэргин
Сүрэхпин уоскутан, дууһабын манньытан
Хаһан эн кэлэҕин?
Күннэтэ күүтэбин күн курдук бэйэҕин
Күннэтэ күүтэбин эн тиийэн кэлэргин
Сүрэхпин уоскутан, дууһабын манньытан
Хаһан эн кэлэҕин?