Текст песни
Бу улуукан киэһэҕэ
Бар дьоммор, эһиэхэҕэ, аҕаллым,
Аҕаллым аҕам алгыһын,
Ахтар ийэкэм илдьитин.
Бу улуукан киэһэҕэ
Бар дьоммор, эһиэхэҕэ, аҕаллым
Эһэм-эбэм эйэтин,
Бар дьоннорум алгыһын.
Хос ырыата:
Бу улуукан киэһэҕэ
Бар дьоммор, эһиэхэҕэ,
Аҕаллым алаас ырыатын,
Арылхай сибэкки сытын,
Күөлүм хомуһун суугунун,
Күөх саҕах кэрэ суһумун.
Бу улуукан киэһэҕэ
Бар дьоммор, эһиэхэҕэ, аҕаллым,
Аҕаллым алаас сылааһын,
Алгыстаах тыалым сипсиэрин.
Бу улуукан киэһэҕэ
Бар дьоммор, эһиэхэҕэ, аҕаллым
Түүлбэр киирэр түптэ сытын,
Тырымнас сулус мичээрин.
Хос ырыата:
Бу улуукан киэһэҕэ
Бар дьоммор, эһиэхэҕэ,
Аҕаллым алаас ырыатын,
Арылхай сибэкки сытын,
Күөлүм хомуһун суугунун,
Күөх саҕах кэрэ суһумун.
Бу улуукан киэһэҕэ
Бар дьоммор, эһиэхэҕэ, аҕаллым,
Аҕаллым аҕам алгыһын,
Ахтар ийэкэм илдьитин.
Бу улуукан киэһэҕэ
Бар дьоммор, эһиэхэҕэ, аҕаллым
Эһэм-эбэм эйэтин,
Бар дьоннорум алгыһын.
Хос ырыата:
Бу улуукан киэһэҕэ
Бар дьоммор, эһиэхэҕэ,
Аҕаллым алаас ырыатын,
Арылхай сибэкки сытын,
Күөлүм хомуһун суугунун,
Күөх саҕах кэрэ суһумун.