Текст песни
Ханнык да ыар охсууну
Ханнык да ыар сохсону
Эйигиттэн халбарытыам
Эһиэм, уоттуом, барчалыам
Эн эрэн миэхэ
Эрэн илиим эрчимигэр
Эрэн мин сүрэҕим төлөнүгэр
Эрэн санаам сайыныгар
Эрэн миэхэ, эн миэхэ эрэ эрэн
Эн эрэн миэхэ
Эрэн илиим эрчимигэр
Эрэн миэхэ, мин сүрэҕим төлөнүгэр
Эрэн санаам сайыныгар
Эрэн миэхэ, эн миэхэ эрэ эрэн
Эн барыҥый муннуккар
Күн сырдыгын түһэриэм
Санньыппакка, салгыбакка
Эн сүрэххин ириэриэм
Эйигин олох албыныттан
Эрэн, экчи арчылыам
Уонна санаам сайынынан
Киэҥ аартыкка таһаарыам