Кэм кэрдии
3:18

Текст песни

Дьыл кэмэ кэлэрин, Саас, күһүн буоларын Үүммут мас чэлгийээт Кэхтэрин кэриэтэ Эн биһи олохпут Ааһыахтаах аймалҕан, Бүтүөхтээх сүпсүлгэн Күүгэнэ буолуо дуо? Түргэнник да устар Кэм кэрдии сүүрүгэ, Арахсыы, кэтэһии, Көрсүһүү күрэҕэ. Бу курдук ааһыа дуу Олохпут кэрэтэ? Туолуо дуу, тохтуо дуу Оҕо саас ырата? Тумаҥҥа үктэнэн, Туйулла мунааран Турабын туос сатыы Айаммар бутуллан. Бу курдук ааһыа дуу Олохпут кэрэтэ? Туолуо дуу, тохтуо дуу Эдэр саас эрэлэ? Түргэнник да устар Кэм кэрдии сүүрүгэ, Арахсыы, кэтэһии, Көрсүһүү күрэҕэ. Бу курдук ааһыа дуу Олохпут кэрэтэ? Туолуо дуу, тохтуо дуу Эдэр саас эрэлэ? Дьыл кэмэ кэлэрин Саас, күһүн буоларын...