Текст песни
Көрсүспүт түгэнтэн харах харах көрсөн
Сөбүлэспит кэмтэн сүрэхпит битийэн
Үллэн мөхсөр түөспэр тырым уота саҕан
Төлөн таптал кыымын сыдьаайдыҥ сэгэриэм
Биир тэҥҥэ тэбэр сүрэхпит тыаһын
Сэгэйэн иһиллиэх доҕоруом,
Харыстыах дьылҕабыт бэлэҕин,
Бар дьоммут алгыһын ылынан олоруох
Дьолбутун холбуох
Биир тэҥҥэ тэбэр сүрэх
Дьылҕабыт ыйааҕа ыйан биэрбит суола
Тиксэрбит кытыла бу баар буоллаҕа
Эн миэнэ дэтэн мин эйиэнэ дэтэн
Бу дьоро киэһэҕэ иккиэн буоларбыт
Биир тэҥҥэ тэбэр сүрэхпит тыаһынан олоҕу олоруох
Дьоһун дьон дэтиэх
Түстүү кэскили кэлэр кэммитин
Сүрэхпит ситимэ сипсийэн тиэрдиэ
Олоҕу олоруох дьолбутун холбуох
Биир тэҥҥэ тэбэр сүрэх