Текст песни
1.
Саҕахтан сандаарар, мин күммүн санатар
Арылхай, нап-нарын үөрбүт харахтарын
Уйулҕам уһуктар, куруутун аттыгар
Тэйимэ, ыраата, хаһан да...
Сүрэҕим сэрэйэр этэ эрдэттэн
Дьылҕабыт, суруйбут суругун үөһээттэн
Ол иһин, эрэнэр этим мин, сэрэнэн
Таптал баар бу сиргэ!
х-ы:
Ытыс ытыстан, сэрэнэн тутуһан
Олохпут суолунан, биир тэннэ хардыылаан
Тапталбыт, ол чаҕыл сулуһун уматан -
Суолбутун сырдытар...
Ытыс ытыстан, сэрэнэн тутуһан
Олохпут суолунан, биир тэннэ хардыылаан
Тапталбыт, ол чаҕыл сулуһун уматан -
Суолбутун сырдытар...
2.
Күүппүтүм бу күнү, тапталбын этээри
Эн үөрбүт хараххар, бэйэбин көрөөрү
Мин баҕа санаам - этэ бу барыта
Күүскэ итэҕэйэммин, илэ туолбута
Эн кэрэ бэйэҕин кууһан ыламмын
Ис сүрэхпиттэн тапталбын аныыбын
Ол күнтэн ылата, мин дууһам таайбыта:
"Таптал баар бу сиргэ"
х-ы:
Ытыс ытыстан, сэрэнэн тутуһан
Олохпут суолунан, биир тэннэ хардыылаан
Тапталбыт, ол чаҕыл сулуһун уматан -
Суолбутун сырдытар...
Ытыс ытыстан, сэрэнэн тутуһан
Олохпут суолунан, биир тэннэ хардыылаан
Тапталбыт, ол чаҕыл сулуһун уматан -
Суолбутун сырдытар...
Ытыс ытыстан, сэрэнэн тутуһан
Олохпут суолунан, биир тэннэ хардыылаан
Тапталбыт, ол чаҕыл сулуһун уматан -
Суолбутун сырдытар...
Ытыс ытыстан, сэрэнэн тутуһан
Олохпут суолунан, биир тэннэ хардыылаан
Тапталбыт, ол чаҕыл сулуһун уматан -
Суолбутун сырдытар...