Текст песни
Түннүк устун оргууйдук таммах сүүрэр
Табыллыбат күнтэн сүрэх иирэр
Ардах тохтуур санаата суох
Ону эн эрэ билэҕин тоҕо
Эн сүрэххэр ыраах музыка
Оо, сымнаҕастык да тыаһыыра
Кини суоҕугар ардах түһэр
Ити буолар дьиҥ таптал күүһэ.
Тапталы ытатымаҥ, сордоомоҥ, аймаамаҥ
Кини буруйа суох
Ытыан баҕарбат олох
Тапталы таҥнарымаҥ киниэхэ ыарахан
Бу булбут дьолун
Сүтэриэн куттанар
Ыксааммын мин мантан илиискэ
Суруйабын туох баарын сүрэхпэр
Биллэн турар ол кистэлэҥ
буолар мин ол аналым мичээрэ
Көрдөһөбүн үрдүк күүстэртэн
Ханна да буоллун көмүскээн
Кимниин да буоллун харыстаан
Кини буолар мин, мин аналым
Тапталы ытатымаҥ, сордоомоҥ, аймаамаҥ
Кини буруйа суох
Ытыан баҕарбат олох
Тапталы таҥнарымаҥ киниэхэ ыарахан
Бу булбут дьолун
Сүтэриэн куттанар