Көмүс ый
2:53

Текст песни

Киэһээңңи халлаан күөх күөнүгэр Көмүс ыйы көрө түстэрбин Күндү доҕорбун булбут тэҥэ Кэмэ суох долгуйа үөрэбин Көмүс ый эн устар буоларыҥ Оҕо саас түүңңү халлааныгар Тунал сырдык уоту кутаары Санаам алыптаах дойдутугар Көмүс ый, көмүс ый суолбун ый Түлүк түүн миигин муннарбакка Кистэлэҥ кэрэтин эн арый Өйбүн-санаабын тумнарбакка Эдэр саас бары чуумпу киэһэ Күөлгэ түһэрбит көмүс уолан Билигин да турар кэтэһэ Булбатах ыра санаа буолан Күһүөрү сайын ыйдаҥаҕа Күөгэйэр лабааны арыйан Көрүөхпүт долгуйа күөл ньуурун Күлүмүрдүү күлэ оонньуурун