Текст песни
Үрдүкү Айыылар мин сүрэхпиттэн
Арыйан сурукка түһэрэн этиҥ
Таптыырбын кинини ахтарбын
Мин кини алҕаһын бырастыы гынарбын
Суох аттыбар Үрдүкү Таҥарам
Суох илиибэр эн дьикти сылааһыҥ.
Ол суолтан ытаабыт харахпын
Мин кистии тутабын туора дьонтон
Хос ырыата:
Эн миигинниин бииргэ буолууй
Тапталыҥ тылын этиий
Ол гынан баран иккистээн эргитиэҥ дуо
Тапталбытын.
Эн олохпун оонньуу оҥостон
Ыалдьар сүрэхпин туора таҥнаран
Алдьатан бу кэрэ иэйиибин тэпсэҥ
Быраҕан барыма соҕотох хаалларан
Мин эйигин кыра аайыттан
Дьон сымыйа бу тылыттан хомойон
Соҕотох бу сиргэ мин булбут аналбын
Сүтэриэм суоҕа мин тапталбын
Хос ырыата.