Илиибэр эн илиин баар курдук
3:48

Текст песни

Илиибэр эн илииҥ баар курдук, Сүрэхпэр - сүрэҕин сылааһа. Өрүүтүн биллиэхтин бу курдук Үйэлээх тапталыҥ былааһа. Долгуннуур күөхтэрдээх сай ааһан, Доҕоруом, эн хаһан кэлэҕин?- Ыраатар бэйэҕин сайыһан, Ытаата мин уйан сүрэҕим. Доҕоруом, миигинниин уллэстиэҥ Дьоллоох дуу, сордоох дуу дьылҕабын. Мин ааппар долгуйа эн истиэҥ Сириини, хайҕалы, дьон хобун... Ардыгар санаарҕыам, санньыйыам,- Мунчаарбыт сүрэхпин үөрдүөҥ дуо? Ыраммын, санныгар тайаныам,- Ыараабыт илиибин уйуоҥ дуо? Долгуннуур күөхтэрдээх сай ааһан, Доҕоруом, эн хаһан кэлэҕин? - Ыраатар бэйэҕин сайыһан, Ытаата мин уйан сүрэҕим!