Ханна да
2:31

Текст песни

Айылҕа чочуйбут оҕото буоламмын Бу орто дойдуга ыллаары кэлбитим Кэрэни, үөрүүнү бэлэхтиир баҕаттан Бу ырыам тылларын эһиэхэ аныыбын Ханна да, ханна да буолларбын ыллыаҕым Мин тыыннаах тылларбын эһиэхэ аныаҕым Ханна да, ханна да буолларбын ыллыаҕым Мин тыыннаах тылларбын эһиэхэ аныаҕым Ыллыаҕым ырыабар сүүрүктээх үрэҕи Туойуоҕум тойукпар толомон хонууну Үрдүк таас хайаны, халыҥ тыа ойууру Ханнык да дьыл кэмигэр сүрэхтэн иэйэммин Ханна да, ханна да буолларбын ыллыаҕым Мин тыыннаах тылларбын эһиэхэ аныаҕым Ханна да, ханна да буолларбын ыллыаҕым Мин тыыннаах тылларбын эһиэхэ аныаҕым Бэлэхтиэм эһиэхэ ып-ыраас тапталы Сүрэхтэн кутуллар бу тыыннаах тыллары Бэлэхтиэм эһиэхэ кырдьыгы хоһуйан Олоххо кэрэни, үтүөнү баҕаран Ханна да, ханна да буолларбын ыллыаҕым Мин тыыннаах тылларбын эһиэхэ аныаҕым Ханна да, ханна да буолларбын ыллыаҕым Мин тыыннаах тылларбын эһиэхэ аныаҕым Ханна да, ханна да буолларбын ыллыаҕым Мин тыыннаах тылларбын эһиэхэ аныаҕым Ханна да, ханна да буолларбын ыллыаҕым Мин тыыннаах тылларбын эһиэхэ аныаҕым