Ыйдаах түүн
4:12

Текст песни

Үчүгэйиэн, ыйдаах түүн Тыынан устар – үрэххэ, Эрчимирдэр эн күлүүҥ Эрдэн биэрэн истэххэ. Хос ырыата: Үчүгэйиэн, үрдүбэр Үрүҥ туман быыһынан Кууһуох курдук лабаалар Хоҥкулдьуһан ылаллар. Тугу эмэ санаарыый – Сулус сүүрэр ол үөһэ, Эн сүрэххин аһаарыый Бу күһүҥҥү түүн үөһэ. Ый суолуттан туораамыах – Дьолу тута устуохха. Бу күөх түүнү, доҕоччуок, Ырыа гынан туойуохха.