Хайа, хаһан кэлэҕин
4:39

Текст песни

Көмүс алтан күөрэгэйим Күүтэн күнүм уһаата. Хара-хара харахтааҕым, Хайа хаһан кэлэҕин? Тэйэн, уһаан хааллаххына Тэһийбэппин билэҕин. Миигин үөрдэн хоспор хаһан Мичилийэн киирэҕин? Хойут сойон, таптыыр дьолбун, Кэҕиннэриэ диэйэҕин. Кэбис, эрэн, кэлэппэппин Кэрэхсэллээх бэйэҕин. Ахтар күндү аналлааҕым, Аралыйа сырдааҥҥын, Хайгыыр хара харахтааҕым, Хайа, хаһан кэлэҕин? Сиртэн үүммүт сибэккилии, Ситэн тупсан кэрэҕин, Таба көрөн талан ылан, Таптабыта сүрэҕим. Долгун нуоҕай суһуохтааҕым, Долгуйабын күүтэбин, Хайгыыр хара харахтааҕым, Хайа, хаһан кэлэҕин?