Текст песни

Кууран турбут куораппар, Сибэккибэр, күөх оппор Ардах түһэн курулаата, Үөрэ – көтө ыллаата. Хос ырыата: Сырдык чаҕыл ардахха Сытыйары умнуохха, Халлаан диэки хайыһыахха, Аргыый аҕай хаамсыахха. Хахха сири көрдөөннөр Дьоннор туора сүүрдүлэр. Ханаабанан өлбөөркөй Сүүрээнньиктэр сүүрдүлэр Хос ырыата. Чаҕылҕаным үрдүбэр Тосто – тосто кумалан; Этиҥ эттин үрдүбэр - Куотуом суоҕа ардахтан. Хос ырыата. Үрүү кэлбит үһүбүйн Кэхтэр күөхтээх бу сирбэр. Баҕарабын ардах түһүүн, Ардах миэхэ тыын биэрэр. Хос ырыата.