Текст песни
Тугу этиэм этэй эhиэхэ мин?
Ырыам тыла олус да сымсаата.
Тулабар кыыдамныыр хаар кыырпаҕын
Ытыhым үрдүгэр уулларабын...
Күн-күбэй Ийэбэр анааммын
Арай тиэрдиэм мин үрдүк махталбын!
Оҕо сааспын санаан улааппыппар,
Бар дьонум алгыhын ылыммыппар.
Хос ырыата:
Махтанабын, махтанабын!
Эйиэхэ, Күн-күбэй Ийэбэр!
Махтанабын, махтанабын!
Эhиэхэ, бар дьоммор!
Хайыаҥ этэй алҕаhаабыт күммүн -
Өр сурук суруйбатах буруйбун?
Түүн-күнүс утуйбатах күннэргин
Кэмсинэҥҥин кэлин кэпсээбэккин...
Күн-күбэй Ийэбэр анааммын
Арай этиэм мин күүстээх тапталбын!
Үөрүү-хомолто диэни билбиппэр,
Олох күндүтүн эн көрдөрбүккэр.