Текст песни
Мин өйбүттэн эн тахсыбаккын,
Харахпыттан симэлийбэккин.
Дууһабын хайдах аймаатыҥ -
Олуһун да сөҕөбүн.
Күнүн аайы, түүнүн аайы
Эйиигинэн мин олоробун.
Сүрэхпиттэн хаһан да сүппэт
Иэйии диэни биллэҕим.
Эйииигинэ суох - аҥарбын,
Киһи дэммэт курдукпун.
Олохпор маннык күүстээх таптал
Кэлиэ диэммин билбэтэҕим.
Санаабар буорто дойдуга
Ким да манныктаптыы илигэ
Буолуо диэммин бэйэбиттэн
Ыйытабын, сөҕөбүн.
Эн миигиттэн тэйиччигин
Ахтылҕаммын уматаҥҥын,
Хаһан бииргэ олох устун
Айанныырым буолуоҕай?
Эйииигинэ суох - аҥарбын,
Киһи дэммэт курдукпун.
Олохпор маннык күүстээх таптал
Кэлиэ диэммин билбэтэҕим.
Инникигэ эрэнэбин -
Күнүн аайы бииргэ буолуом диэн,
Аттыбыттан арахсыбакка
Куруук дьоллуу туруоҕум.
Мин эйиигин дьоллуом диэммин
Улаханнык саҥарбаппын,
Ол эрэн бу күүстээх иэйиигэ
Итэҕэйэр эбиппин.
Эйииигинэ суох - аҥарбын,
Киһи дэммэт курдукпун.
Олохпор маннык күүстээх таптал
Кэлиэ диэммин билбэтэҕим.
Эйииигинэ суох - аҥарбын,
Киһи дэммэт курдукпун.
Олохпор маннык күүстээх таптал
Кэлиэ диэммин билбэтэҕим.
Кэлиэ диэммин билбэтэҕим.
Кэлиэ диэммин билбэтэҕим.
Кэлиэ диэммин билбэтэҕим.