Туохтан хомойон
3:54

Текст песни

Туохтан хомойон, Кимтэн кэлэйэн, Санаан түһэн.. санньыйа хоҥкуйдун? Кимин кэлбэккэ, Тугун туолбакка, Харах уулаах харааста көрүстүн? Кимин кэлбэккэ, Тугун туолбакка, Харах уулаах харааста көрүстүн? Эрэйдээбэккэ эрэ этиий миэхэ, Эйэҕэс бэйэҥ, энчирээбитэ кимий? Санаарҕаабакка эрэ Санаатыый миэхэ Холус бэйэбинэн хомоппутум тугуй? Кыраттан кынньан кыыһырсымыах.. Ааһартан хаалартан арахсымыах.. Өйдөһөр өйөһөр өрөгөйүн тутуох.. Таптал талар абылын таайыах Өйдөһөр өйөһөөр өрөгөйүн тутуох Таптал талар абылын таайыах.. Эрэйдээбэккэ эрэ... этиий миэхэ.. Эйэҕэс бэйэҥ энчирээбитэ кимий? Санаарҕаабакка эрэ... санаатыый миэхэ.. Холус бэйэбинэн хомоппутум тугуй? Иэйэр икки сүрэҕи илиһиннэриэх.. Икки тапталы бииргэ тылыннарыах.. Биир тапталы билигин биэбэйдиэх.. Кэлэр иҥнибит кэрэтин тилиннэриэх.. Иэйэр икки сүрэҕи илиһиннэриэх.. Икки тапталы бииргэ тылыннарыах.. Биир тапталы билигин биэбэйдиэх.. Кэлэр иҥнибит кэрэтин тилиннэриэх..