Дьиэрэй
3:44

Текст песни

Сырдаабат халлаан Ыйдыын мөккүһэн Сулустарын Сабар былытына-ан. Эрдэ турбут чыычаах Хатан куолаһа, Хойутаабыт Саҕах ыллык уурда-аа. Дьиэрэһий, дьиэрэһий Хатан куоласчаан. Өрүүтүн сиргэ сырдык, Ыраас өҥ сыдьаайдын. Суох буоллун им балай! Сарсыардааҥҥы көй сиик Саҕахха мичээрдээн Сэргэхситэр Алаас отун-маһы-ын. Өрүү чэлгийэ тур Сир үрдэ барыта Чээл күөҕүнэн Дьон-аймаҕы үөрдэ-эн. Ыллаа-туой, үҥкүүлээ Сир үрдүгэр Ып ыраас күн кустук Дьэрэкээн өҥө. Суох буоллун им балай! Дьиэрэһий, дьиэрэһий Хатан куоласчаан. Өрүүтүн сиргэ сырдык, Ыраас өҥ сыдьаайдын. Суох буоллун... Дьиэрэһий, дьиэрэһий Хатан куоласчаан. Өрүүтүн сиргэ сырдык, Ыраас өҥ сыдьаайдын. Суох буоллун им балай! Суох буоллун им балай! Суох буоллун им балай!