Текст песни
Эн хотойгун, эн улуугун,
Эн барытын үөһэттэн көрөҕүн,
"Сүрдээхпин!" - дэнэҕин.
Күнүм үүнэн, тыыллан түһэн,
Бу дойдуга киэптээн сылдьарыҥ
Түмүгэ туохханый?
Хос ырыата:
"Көрдүүбүн олохпор
Сулуспун, аналбын, аартыкпын" - дэнэргин
Туораттан саарбахтаан көрөбүн.
"Көрдүүбүн олохпор
Сулуспун, аналбын, аартыкпын" - дэнэргин
Туораттан саарбахтаан көрөбүн.
Эн эт эрэ, бу дойдуга
Илдьэ сылдьар сүрүн санааҕын,
Ис дьиҥнээх толкуйгун.
Хайдах буолан, тугу гынан,
Күн сиригэр үөскээҥҥин эн
Туһалыах буоларгын?