Текст песни
Көҕүтэрэ күндүтүн
Күлүмүрдүүр күн уота
Ыҥырара кэрэтиэн
Ыйдаҥа түүн ырыата
Эгэлгэтэ элбэҕиэн
Орто дойду олоҕо
1. Хаарыаннаах санааларым
Халысхаҥҥа хапсыһан
Халбарыччы анньыллан
Хомолтону кууһаҥҥын
Хайа халлаан анныгар
Хараастаҥҥыт хаалаҕыт
Хайа халлаан анныгар
Хараастаҥҥыт хаалаҕыт
Х/ы Олох биирдэ бэриллэр
Орто дойду иэнигэр
Ыга ылар санаабын
Хаайар хаарыан тылларбын
Кыырай халлаан кырсынан
Кынаттанан көтөммүн
Түөспүн сайа тыынаммын
Төлөрүтэ туойдарбын
Олох биирдэ бэриллэр
Орто дойду иэнигэр
Олох биирдэ бэриллэр
Орто дойду иэнигэр
2. Этиллиэхтээх тылларыҥ
Эймэһитэр кылларыҥ
Эгэлгэтин дьиктитин
Саҥа гынан сүмэтин
Сааһылыахпын саарыыбын
Санньыйаммын саһабын