Этимэ
4:01

Текст песни

Эн истиий, доҕоччуогум, Ыллыыр ырыам тылларын. Эн истиий доҕоччуогум, Ахтылҕаным иэйиитин. Этимэ, этимэ Быстах ааhар күлүм таптал диэн, Этимэ! Көрдөhөбүн, үрэйимэ Таптыыр сүрэх күүрээнин, Көрдөhөбүн, үргүтүмэ Дууhам сырдык сүүрээнин. Мин саныыр санааларым Толорулар эйигиннэн, Мин ыллыыр ырыаларым Ананаллар эйиэхэ. Этимэ, этимэ Быстах ааhар күлүм таптал диэн, Этимэ! Көрдөhөбүн, үрэйимэ Таптыыр сүрэх күүрээнин, Көрдөhөбүн, үргүтүмэ Дууhам сырдык сүүрээнин. Эн эрэ мичээргинэн Тулам тупсар, киэркэйэр, Эн эрэ тапталгынан Дьылҕам миэнэ дьоллонуо. Этимэ, этимэ Быстах ааhар күлүм таптал диэн, Этимэ! Көрдөhөбүн, үрэйимэ Таптыыр сүрэх күүрээнин, Көрдөhөбүн, үргүтүмэ Дууhам сырдык сүүрээнин. Этимэ ду миэхэ, эн эмиэхэ Этимэ ду миэхэ, эн эмиэхэ Быстах таптал диэн, этимэ Көрдөһөбүн, этимэ эн миэхэ Этимэ ду миэхэ, эн эмиэхэ Быстах таптал диэн, этимэ Көрдөһөбүн, этимэ эн миэхэ Этимэ ду миэхэ, эн эмиэхэ Этимэ ду миэхэ, эн эмиэхэ Быстах таптал диэн, этимэ Этимэ..