Текст песни
Эмиэ биир курус күн миигин соҕотох хаалларда,
Эмиэ биир санньыйбыт санаа дууһабар иһийдэ.
Таһырдьа киһи сэргиэҕэ туох да суох курдуга,
Арай ол туолбут ый сырдата тыгара.
Киниэхэ мин хомолтобун кэпсии турдахпына,
Хайдах эрэ ыйым уота арыый сырдаан ылла,
Харахтарбын араарбакка көрөн турдахпына,
Ыйга кыыс мөссүөнэ көстөн оргууй ыллаан барда.
Күн саҕах кэтэҕэр күрэнэр кэмигэр
Халлааным устунан дьаарбайа тахсабын.
Сирдээ5и ол олох эрэйин-эндирин
Киэр илгэҥ хаалларан сырдыкка көппүтүм.
Ол онтон ыла мин ый кыыһа буоламмын
Дойдубун ыраахтан одуулуу турдаҕым.
Биир курус номоҕу истибитим оҕо сылдьан
Кэрэ кыыс эрэйдээх муҥнаах олоҕун туһунан.
Кини орто дойду дьоло баарын билбэтэҕэ,
Харана батталтан хараҕа хараҥарбыта.
Кыыс күн аайы ытыыртан-сонууртан сылайан,
Уу баһар күөлгэ киирэн ойбону өҥөйбүтэ.
Ол онно туолбут ый күлүгэ кестубутугэр
Төбөтүн өндөтөн "Илдьэ бар" диэн көрдөспүтэ.
Күн уотун сылааһын олуһун аҕынным,
Сирдээ5и ып-ыраас тапталы суохтаатым.
Санаабын этиэхпин ким да суох аттыбар,
Арай тоҥ сулустар сүрэхпин аймыыллар.
Ый кыыһа ааттанан олоҕум тухары
Соҕотох дьаарбайар аналлаах буоллаҕым.
Кыыс көрдөһөн ытыырын тоҥуй ый истибитэ
Уонна сардаҥа уот суолун киниэхэ ыспыта.
Кыыс орто дойдутун кытта бырастыыласпыта,
Күн сириттэн букатын тэйэн ыйга барбыта.
Бу номоҕу санааммын мин кыыһы аһынабын.
Араас киирэр санаалары антах киэр кыйдыыбын.
Хайдах да буоллун олоҕу күндүтүк санаатым,
Күн сиригэр дьолу, тапталы эрэ мин баҕардым.
Дьыл-хонук муна суох иннибэр элэҥниир,
Быстала суох олох тохтообот, айанныыр.
Дойдубун ытыспар бу тутан турабын,
Хас биирдии киһини, дьылҕабын көрөбүн.
Билбэккит ситэри, эһиги, сир дьоно,
Күлүм күн анныгар олорор дьолгутун.
Эн эмиэ да чугаскын, эмиэ да ырааххын.
Түүҥҥү куйаар айанньыта буолабын.
Эн өйгөр өрүү хаалыаҕым, ырыаҕын ыллыы сылдьыа5ым.
Быраман дьыллар мындааларыгар састаҕым.
Ый кыыһа.