Текст песни
Туохтан сайын халлаанна сулустар көстөллөр
Күөх хонууга сибэкки тэлэччи кытарар
Ким билэрий?
Күн уота сарсыарда тоҕо миигин долгутар
Эн күүппүт сирдэргэр сирдээн аҕала турар
Ким билэрий?
Тоҕо мин эйиигин холуубун боотурга
Маҥан аккар күрэтэ илдьэрин мин түүлбэр
Ким билэрий?
Эн ааккын ааттыырбар былыттаах халлааны
Ардаҕа тохтууруй тоҕо астаҥ хааларый
Ким билэрий?
Ол барыта эйиигиттэн күндү киһим
О, кистээн таптыыр буруйбуттан ким да билбэт
Арай эн билээхтиэн дуо, арай эн билээхтиэн дуо
Тоҕо мин көрөрбөр тылгыттан матаҕын
Олуона соҕустук туттаннын күллэрэҕин
Ким билэрий?
Эн миигин алҕаска күүһэн ылар түгэннэр
Эттэрим кэйиэлээн иэдэһим кытарар
Ким билэрий?
Ол барыта эйиигиттэн күндү киһим
О, кистээн таптыыр буруйбуттан ким да билбэт
Арай эн билээхтиэн дуо, арай эн билээхтиэн дуо,
Арай эн билээхтиэн дуо, арай эн билээхтиэн дуо