Текст песни
Эн ситимҥэ, мин ситимҥэ
Кини ситимҥэ олоробут күн аайы
Түүн аайы, ол аайы
Кэм кэрдиис сүүрүүгэ тохтоон ылбат эбитэ
Көрө-көрө көрбөтөҕө буола-буолабыт
Биир-биир ыытан иһэбит күннэрбитин
Бүтүн аан дойду муҥурун баһыйаары
Ытыс саҕа тэрил иһигэр хатаммыппыт
Гугол, эт миэхэ гугол
Оҕо күлэр саҥата долларга төһөнүөй?
Гугол, эт миэхэ гугол
Ийэ истиҥ мичээрин хас лайк тулуйарый?
Гугол, эт миэхэ гугол
Хайдах селфи оҥордоххо таптал кэлэрий?
Гугол, эт миэхэ гугол, гугол
Араҕас сирэйдэр иһирэх сыһыан оннугар
Туора уруһуйдар истиҥ иэйии манньатыгар
Сибилигин силигилиир сирдээҕигин сирбэхтээҥҥин
Ситим сытыы сиитэтигэр
Сиэтэн, сиҥэн, иҥэн, сытан
Ситтиҥ дуо
Куйаар күрүлэс тэтимин?
Сүттүҥ дуу
Кини көстүбэт дириҥэр?
Ситтиҥ дуо, сүттүҥ дуу?
Гугол, эт миэхэ гугол
Төрөөбүт алааһым сытын туохха солбуйаҕын?
Гугол, эт миэхэ гугол
Ахтылҕан аһыы амтанын хайдах минньитэҕин?
Гугол, эт миэхэ гугол
Дойдубар, дьоммор тапталбын хас терабайт гынаҕын?
Гугол, гугол
Гугол һа, гугол һа, гугол һа