Текст песни
1. Этигэн сүрэҕим миэнэ
Бүгүн түүн ыйдаҥаҕа ыллыыр
Сөрүүҥҥэ сөтүөлээтэр санаабын
Сүүмэрдээн көҥүлгэ ыытабын
Х/ы Мин ырыабар сибэкки тыллыаҕа
Таптыыр сүрэх доҕорун булуоҕа
Ырыаҕа баар истиҥ илдьит хоһоон
Ырыаҕа баар иэйэр куттаах дорҕоон
2. Уйаҕас дууһабар тилиннэ
Үүнэр күн кистэлэҥ күндүтэ
Үөрэбин, оҕолуу үөрэбин
Ураты дьолбунан туолабын
3. Ырыабар махталым миэнэ
Эрэли, саҥа кэми айбыккар
Олоххо киһи тылын иһиллээн
Өрүүтүн аргыс буоллун ырыам