Көмүс чуораанчык
3:02

Текст песни

1. Күнүн ахсын күн көрүүтэ Түннүкпүтүн сылытан Дьиэ иһэ сырдаан сандаарар, Мин оҕом онтон үөрэр. Сибэкки курдук нарын, Сибэкки курдук намчы, Кини күлэ-үөрэ оонньуур, Мичилийэ мичээрдииир. Х/ы Күндү көмүс күөрэгэйчээниэм, Күндү көмүс туллукчааныам, Биһи дьиэҕэ мааны мап-мааны кимий? Кыракый лыҥкынас чуораанчык. 2. Сылын ахсын дьыл эргиирэ Хаһыс хаарын уулларыа, Ол эрэн дьиэбит сырдыыра Киниттэн тахсар иэйии. Сибэкки курдук нарын, Сибэкки курдук намчы, Кини күлэ-үөрэ оонньуур, Мичилийэ мичээрдииир.