Уол оҕото
4:16

Текст песни

Чугас эркин көстүбэккин, Күлүк курдук сылдьаҕын. Хайа сиргэ, хара буорга Тиҥилэхтээн эрдэҕиҥ… Уол оҕото аҕыс кырыылаах, Ахсым айан аргыстаах. Уол оҕото аҕыс кырыылаах, Ахсым айан аргыстаах, Айааннаах, алыптаах, айгылаах. Ыйыталлар ыллыктарым, Сураһаллар суолларым. Туйах тыаһын иһиллииллэр Ыалдьыттаабыт ыырдарын. Уол оҕото аҕыс кырыылаах, Ахсым айан аргыстаах. Уол оҕото аҕыс кырыылаах, Ахсым айан аргыстаах, Айааннаах, алыптаах, айгылаах. Кырдьа барбыт, түспэтийбит Киһи сиэрин тутуһан Тохтуу түһүүй диэтэхпинэ Иэдэс биэрэн кэбиһэр. Уол оҕото аҕыс кырыылаах, Ахсым айан аргыстаах. Уол оҕото аҕыс кырыылаах, Ахсым айан аргыстаах, Айааннаах, алыптаах, айгылаах. Ханнык эккин хайа тутуой Көҥүл күөннээх санааны, Хайа аргыс атахтыаҕай Айан куттаах саханы? Уол оҕото аҕыс кырыылаах, Ахсым айан аргыстаах. Уол оҕото аҕыс кырыылаах, Ахсым айан аргыстаах, Айааннаах, алыптаах, айгылаах.