Оҕо санаам оонньуута
4:39

Текст песни

Киэҥ аартыгы тэлэммин Киэҥник-куоҥнук хардыылаан Ытыктабылы ыламмын Иитиэм диирим дьоннорбун. Элбэх санаам кыымнара Эһиэннэрэ миэннэрэ Сыыска-буорга тэпсиллэн Хаалаахтыыллар халтайга. Хос ырыата: Хаалан хаалбыт санааҥ, Хам баттаабыт баҕаҥ Сөҥөн хаалбыт хоргутууҥ Кыһыыкатын, абатын. Хаһан эрэ, ханна эрэ Эн оннугар барытын Силлиэ түһэн ааһыаҕа Оту-маһы симиэҕэ Нүһэр-ньыгыл дьиҥ чаҕаан Күүс-бас киһи буолаар диэн Этэллэрэ миэхэҕэ кэккэ чугас дьоннорум. Онтон бэттэх сыллар күннэр Элбэхтик да ааһаллар, Атын олох долгуна Илдьэ барар эйигин.