Текст песни
Таҥнарыам дуо ама эйигин,
Мин баар суох күндү киһибин?
Оо кэбис үүрүмэ эн миигин,
Атыны таптыаҕын диэмэ эн.
Хос ырыа: (икки төгүл)
Миэхэ эн ыраас тапталын!
Мин тыынар салгыным тэҥэ.
Миэхэ эн истиҥ сыһыанын.
Туохха да тэҥнэспэт кэрэ!
Эн эрэ аттыбар бааргыттан,
Кыһын да дууһабар күөх сайын.
Эн эрэ алыптаах ааткыттан,
Кэрэтиэн санаалыын сырдыыбын.