Доҕорбор
4:42

Текст песни

Көрүмэ доҕоруом хоргуппуттуу, Бэрт кыра алҕастан хомойон. Билэҕин эйиигин мин таптыырбын, Билэҕин эн суоххар ахтарбын. Хос ырыата: Хараҥа халлааҥҥа сулустар мичээрдииллэр, Эн көрүүй мин диэки истиҥник, сэгэриэм. Барытын сатыаҕым бу сиргэ эн тускаар, Мин хап-хара харахтардаах кыысчааныам. Өйдүүгүн, эйиэхэ мин истиҥник Тапталбын сипсийэн эппиппин. Өйдүүгүөн, эн биһи итэҕэйсэн Таптаһыах буолбуппут үйэлэргэ. Хос ырыата: Хараҥа халлааҥҥа сулустар мичээрдииллэр, Эн көрүүй мин диэки истиҥник, сэгэриэм. Барытын сатыаҕым бу сиргэ эн тускаар, Мин хап-хара харахтардаах кыысчааныам. Олоххо барыта дэхси буолбат - Ардыгар күөх халлаан күлүгүрэр. Ол эрэн, хайаан да, аламай күн Былыты быыһынан сыдьаайыаҕа. Хос ырыата: Хараҥа халлааҥҥа сулустар мичээрдииллэр, Эн көрүүй мин диэки истиҥник, сэгэриэм. Барытын сатыаҕым бу сиргэ эн тускаар, Мин хап-хара харахтардаах кыысчааныам.