Дойдум миэнэ Уус-Алдан
3:12

Текст песни

Төрүт дьоммут саҕаттан Түөрэх кэһэн төлкөлөнөн Икки өрүс хардыытыгар Төрөөн-үөскээн кэлбит сирбит Хос ырыата: Бу мин киэҥ туттар төрүт түөлбэм Дойдум миэнэ Уус-Алдан Сахам сирин талба сирэ Үүнэр, сайдар, дьолу түстүүр Сүрэх үөрэр, дууһа ыллыыр Дьикти кэрэ айылҕалаах Үрүҥ көмүс хатырыктаах Үөскүүр улуу эбэлэрдээх Тойон мүрү илгэ тыына Үөрэх-билии олох киинэ Үүнэ турар саҥа сайдар Үтүө дойду Уус-Алдан