Байанай
4:10

Текст песни

Чысхаан тыалым улуйан, Аартыктарбар угуйан, Суолу-ииһи сонордоон Сыралаһа сырсарбар Аллаах атым - атаһым, Абылыырым, ааттааҕым. Аттыбар баар доҕоруом, Бэриэччитим, эрэлим. Хос ырыата: Айыллыбыт айылгым, Аан аартыгым - айылҕам, Ааттаһарым - Байанай, Аһатарым - баай тайҕам. Аластарым-тыаларым Дурда-хахха буолаллар, Үрэхтэрим-күөллэрим Баардарыттан бэрсэллэр. Өрө күүрэр күүдэҕим, Өрүкүйэр үйгүүрүм, Тыатааҕыны тыытарбар, Тайахтыырбын таларбар. Хос ырыата: Айыллыбыт айылгым, Аан аартыгым - айылҕам, Ааттаһарым - Байанай, Аһатарым - баай тайҕам.