Текст песни
Кыһыл көмүс күһүҥҥэ
Сайынныын арахсар
Биир дьикти түгэҥҥэ
Айылҕам иһийэр.
Оччоҕуна дууһабар
Туоххаһыйа, долгуйа
Дойдубун ахтарым
Күннэтэ күүһүрэр.
Мин аҕам алааһар,
Лэбийэм күөлүгэр
Аар хатыҥ күлүгүн
Көрүнэн эрдэҕэ.
Алааһым кытаҕар
Хатыҥнаах чараҥар,
Отуутун таһыгар,
Оллоонун аттыгар,
Хотуурун таптайар,
Табаҕын уурунар
Уонна, дьэ, оргууйдук
Бугулун бэрийэр.
Мин аҕам алааһар,
Лэбийэм күөлүгэр
Аар хатыҥ күлүгүн
Көрүнэн эрдэҕэ.
Хас биирдии бэйэбит
Улаатан бараммыт
Тус-туспа дьылҕалаах
Дьон буолан сылдьабыт.
Ол эрэн дууһабар,
Сүрэхпэр өрүүбаар
Умнубат өйдөбүл -
Аҕабыт алааһа.
Хос ырыата:
Мин аҕам алааһар,
Лэбийэм күөлүгэр
Аар хатыҥ күлүгүн
Көрүнэн эрдэҕэ.
Мин аҕам алааһар,
Лэбийэм күөлүгэр
Аар хатыҥ күлүгүн
Көрүнэн эрдэҕэ.