Олохпун таптыыбын
4:01

Текст песни

Таһырдьа тымныы ардахха баттатан Тураммын эмискэ иннибэр сүүрэбин Күлэбин-үөрэбин ардаҕы таптыыбын Олохпун таптыыбын Тапталбын барытын сатаан эппэккэ Олоҕум суолунан оргууй хаамабын Иннибэр мин санаам хоту мин хаамабын Көтүөхпүт эн биһи ыраас салгынна Тапталга уйдаран бу түүн Баҕарбыт сулускун мин Эйиэхэ илиигэр уунуом Таһырдьа тымныы ардахха баттатан Тураммын эмискэ иннибэр сүүрэбин Күлэбин-үөрэбин ардаҕы таптыыбын Олохпун таптыыбын дойдубун ахтабын Ардах анныгар туран тулабын көрөбүн Олоҕу таптыырга үөрэттин эн миэхэ Кэрэ кыыс Урдук таас хайалаах тымныы дойдуга Тиийиэхпин баҕаран эмиэ айанна турунабын Эйигин дьоллоорубун мин Айылҕа кэрэтин олох иэйиитин Көрбөтөх мин дьолбун Саҥа дьэ кэлэн мин өйдөөтүм Толору дьоллоох эбиппин