Текст песни

Соҕотох чуҥкуйан олорон Сэгэриэм эйиигин санаатым, Ол ыраах дойдуга тийэммин Көрсүөхпүн олуһун баҕардым. Доҕоруом аттыбар эн суоххун, Мин дууһам чуҥкуйар-айманар. Тапталбын эйиигин аҕынным, Сүрэҕим эйиэхэ тардыһар. Хос ырыата: Кэлиий доҕоруом Дууһабын үөрдэ, Санаабын сайҕыы, Дьолу бэлэхтии, Доҕоруом... (Доҕоруом, доҕоруом, доҕоруом...) Эн кэрэ дьүһүҥҥүн, мичээргин Эн сэмэй майгыгын, дууһаҕын Туохха да тэҥниэхпин билбэппин Ол курдук мин күүскэ таптыыбын. Рэп: Эйиигинниин көрсүбүппүтүгэр Мин үйэ-саас тухары сүрэхпэр сөҥүүрүн. Бу кылгас быстах арахсыы кэмнэрин Эйиэхэ эрэ эрэллээх аһарыам. Кэлиий эн тапталлаах доҕоруом, Эйиигинэ суох чуҥкуйбут Соҕотох дууһабын өссө биир төгүл Үөрдэ-көтүтэ, сүргэбин көтөҕө. Эн эрэ тускар утуйар уутун көтүппүт, Сыынньаланын сүтэрбин санаам Хомолтотун суурайа-сайҕыы Мин олохпун олорбут олоҕун суолун устата, Иккис тыыным кэриэтэ, Дьол-соргу кыымын бэрсэ-бэлэхтии Ахтылҕыным миэхэ эн мэлдьитин Сайыһабын-суохтуубун эйиигин Хос ырыата. (Доҕоруом, доҕоруом, доҕоруом... Эн суоххун доҕоруом...) Хос ырыата: Кэлиий доҕоруом Дууһабын үөрдэ, Санаабын сайҕыы, Дьолу бэлэхтии. Кэлиий доҕоруом Дууһабын үөрдэ, Санаабын сайҕыы, Дьолу бэлэхтии, Доҕоруом.. Эйиигин көрсүбүт түгэммин Үйэ саас сүрэхпэр сөҥүрүөм, Бу алҕас арахсыы кэмнэри Эйиэхэ эрэ эрэллээхэ аһарыам...