Текст песни
Таһырдьа тымныы
Ардахха баттатан,
Тураммын эмискэ
Иннибэр сүүрэбин.
Күлэбин-үөрэбин,
Ардаҕы таптыыбын,
Олохпун таптыыбын...
Тапталбын барытын
Сатаан эппэккэ
Олоҕум суолунан
Оргууй хаамабын.
Иннибэр мин, санаам
Хоту мин хаамабын.
Көтүөхпүт эн биһи
Ыраас салгыҥҥа.
Тапталга уйдаран
Бу түүн баҕарбыт
Сулускун мин эйиэхэ
Илиигэр уунуом.
Хос ырыата:
Таһырдьа тымныы
Ардахха баттатан,
Тураммын эмискэ
Иннибэр сүүрэбин.
Күлэбин-үөрэбин,
Ардаҕы таптыыбын,
Олохпун таптыыбын,
Дойдубун ахтабын.
Ардах анныгар туран
Тулабын көрөбүн.
Олоҕу таптыырга
Үөрэттиҥ эн миэхэ,
Кэрэ кыыс.
Үрдүк таас хайалаах
Тымныы дойдуга
Тиийиэхпин баҕаран
Эмиэ айаҥҥа
Турунабын, эйиигин
Дьоллоорубун мин.
Айылҕа кэрэтин,
Олох иэйиитин,
Көрбөтөх мин дьолбун
Саҥа, дьэ кэлэн
Мин өйдөөтүм - толору
Дьоллоох эбиппин!
Хос ырыата.
Таһырдьа тымныы
Ардахха баттатан,
Тураммын эмискэ...
Олоҕу таптыырга
Үөрэттиҥ эн миэхэ
Кэрэ кыыс, кэрэ кыыс.