Эн баар буолаҥҥын
3:23

Текст песни

Көмүс күнүм суоҕугар кутум-сүрүм уоскуйар Күндү киһим суоҕугар дууһам уота умуллар Кэрэ киһим баарыгар сааскы санаа саймаарар Кэлэр-ааһар аартыкпар сулус уота сандаарар Эн баар буолаҥҥын — сэгэриэм миэхэ киирэр дьоҕурум Эн баар буолаҥҥын — сэгэриэм тупса турар тулуурум Эн баар буолаҥҥын — сэгэриэм өрө күүрэр дьулуурум Эн баар буолаҥҥын — сэгэриэм эрэ дэхси олоҕум Эн сулуһун абылаан мэлдьи иннибин сырдатар Ааны сабан атаараат сүрэх суохтуу сайыһар Санаан эрэ кэллэрбин тула өттүм киэркэйэр Ааккын эрэ эттэрбин дьикти ырыа дьиэрэйэр Эн баар буолаҥҥын — сэгэриэм миэхэ киирэр дьоҕурум Эн баар буолаҥҥын — сэгэриэм тупса турар тулуурум Эн баар буолаҥҥын — сэгэриэм өрө күүрэр дьулуурум Эн баар буолаҥҥын — сэгэриэм эрэ дэхси олоҕум Эн баар буолаҥҥын — сэгэриэм миэхэ-миэхэ киирэр дьоҕурум Эн баар буолаҥҥын — сэгэриэм тупса турар тулуурум Эн баар буолаҥҥын — сэгэриэм өрө күүрэр дьулуурум Эн баар буолаҥҥын — сэгэриэм эрэ дэхси олоҕум Эн баар буолаҥҥын