Текст песни
Саас кэлэн харалдьык тахсыыта
Чараҥҥа чыычаахтар ыллыыллар,
Үөр түспүт үп-үрүҥ былыттар
Үтүөнү-кэрэни кэпсииллэр.
Эдэр саас ырыата дьиэрэһий
Иэйиилээх сүрэҕи эймэһитэ,
Эдэр саас ырыата эйээриий
Эйэни,эрэли элбэтэ.
Аламай күн сандаара тыгыыта
Алыптаах санаалар аймыыллар,
Үрүҥ күн халлааҥҥа тахсыыта
Үчүгэй санаалар үөскүүллэр.
Айар кут алыбар ылларан
Ыччаттар ымыылыы ыллыыллаар,
Арылхай аартыгы арыйан
Саҥаны,сырдыгы айаллар.