Текст песни
Хас биирди киһи сүрэҕэр
Сырдык иэйии кыланнаах
Тымтык уотун куодьуйуутун
Кэтэһэр курдук түгэн
Хос ырыа:
Умуллубатын бу сырдык иэйии
Тапталы бэлэхтииртэн
Күндү туох баарый сиргэ?
Эн биһи эйгэбитин
Ситимниир дьоллоох түгэн
Ийэ диэн ытык тыл уоруутэ
Кыыс оҕо кэлэн бу сэргэ
Омук салгыыр аналлаах
Үрдүк аата айыылартан
Бэриллибит киэргэлэ
Тордубэр торут мин буорбар
Силис тардар кыыс тиитим
Тугу барытын тулуйар
Кэхтибэт сүдү күүстээх