Түүҥҥү ырыа
3:23

Текст песни

Кыыс миигинниин буол бииргэ Өйдөө эн бу сиргэ олох бэриллэр биирдэ Кэрэ кыыс күн тахсыар диэри Бүгүн олус куйаас буолуо Эн миигин буулуон Өссө сылаастык куус Уолаттар эрийэллэр Эмиэ хамсааһын тэрийэллэр Барыта бэлэм кыргыттар Бүгүн биһигини кэтэһэллэр Тиийэбит түүн бу түһүлгэ киинигэр Киирэбит үҥкүү-битии иһигэр Сэмээр ырааспын тэбиибин Кэрэттэн кэрэни эрэ кэтиибин Бу түүн тугунан бүтээри Кэрэ кыыс миигин эрэ күүтэр Билбэппин эйигин Ол эрэн бу түүн эн миэнэҕин Мээнэҕэ бараама сэниэҕин Сэрэйэҕин эн туох кэтэһэрин Түүҥҥү олох оргуйан олорор Сүрэҕим эйигин эрэ ордорор Кэрэ кыыс күн тахсыар диэри Бүгүн олус куйаас буолуо Эн миигин буулуон Өссө сылаастык куус Хайалара бу түүн миэнэ буолаары Киэргэнэр сиэркилэтин иннигэр Ким миигин баһылаары бу түүн Отой тулуура суох кэтэһэр Сэрэйэр сүрэҕим эн миэнэҕин Бүгүн барсардыы миигинниин Билэбин бэйэбэр илдьэрбин Эйиигин мин бас билэрбин Эн эдэргин тапталы билбэккин Тугу баҕар гынарга бэлэмҥин Кэлэйбэккин туохтан да Туоххун да кэрэйбэккин Өссө күүскэ эн үлэлиигин Барытын биэрэҕин Хас түүн ахсын хас ахссааҥҥа тиэрдэрбин Мин билбэппин Түүн манан бараммат Ол эрэн бу түүн бу кыыс миигиттэн барбат Кэрэ кыыс күн тахсыар диэри Бүгүн олус куйаас буолуо Эн миигин буулуон Өссө сылаастык куус Хараҕым эйиигин таба көрдө Эн үҥкүлүүргүн олуһун сөхтө Өссө күүскэ эн хамсанаҕын Кэннигинэн оонньоон ылаҕын Эрийсэн ис турума кэтэһэн Сэрэн сэгээр эн бэлэмнэн Кытаат уо уол ыксаабат Мантан киэһэ биэриэ кэһэтэн Кэрэ кыыс күн тахсыар диэри Бүгүн олус куйаас буолуо Эн миигин буулуон Өссө сылаастык куус