Абылаама
3:01

Текст песни

Доҕоруом, эн тоҕо миигин Абылыыр курдук туттаҕыҥ, Эн этиий, эн этиий. Сирэйгин тоҕо кистиигин, Тэтэркэй имнэргин миэхэ Көрдөрүүй, көрдөрүүй. Тапталбын эйиэхэ этиэм, Ырыабын ыллыам, Күөрэгэй чыычаахпар холооммун, Күн тыгар сардаҥатын мин Сабардаан ылыам, Бэлэхтиэм эйиэхэ доҕоруом. Оо, эрэлбин сүтэримэ, Эн сыыска-буорга тэпсимэ, Өйдөөрүүй, өйдөөрүүй, Эйигин эрэ мин буллум Атыттартан ордороммун Өйөөрүүй, өйөөрүүй. Аналым, баҕар, эн буолуоҥ Таайтараммын ыйытабын, Эппиэттээ, эппиэттээ, Саарбахтыыр мунаарар күммүн, Инники кэлэр кэскилбин Эн түстээ, эн түстээ.